Бикипиэдьийэ:Ааптар бырааба
![]() Саха Бикипиэдьийэтин кыттыылаахтара ааптар быраабын тутуһуу эйгэтигэр манан салайтараллар:
Саха Бикипиэдьийэтэ бэйэтин ыстатыйаларыгар туһанар CC-BY-SA-4.0 уонна GFDL лиссиэнсийэлэрэ бу ыстатыйалары тарҕатыыны, уларытыыны уонна ханнык баҕарар соруктаах (ол иһигэр барыс ылаары) туһаныыны көҥүллүүллэр. Ол эрэн бу балаһыанньа лиссиэнсийэлэр эрэ үлэлиир түгэннэригэр уонна туһанааччылар Бикипиэдьийэҕэ сигэнэр буоллахтарына эрэ үлэлиир. Бикипиэдьийэҕэ уларытыллыбат салаалара суох, киирии уонна түмүк тыллар эмиэ суохтар. Литэрэтиирэ уонна уус-уран айымньылары көмүскээһиҥҥэ Берннааҕы конвенция[10] этэринэн, ааптар бырааба этиллибэтэҕин да иһин дьайар. Ол аата харабылланарын туһунан аналлаах бэлиэтэ да суох айымньылар ааптар быраабынан көмүскэнэр буолуохтарын сөп. Ыстатыйаны суруйууга туора тиэкистэри туһаныыТиэкис сахалыы Бикипиэдьийэҕэ бу усулуобуйалартан биирдэстэрин толорор эрэ буоллахха угуллуон сөп:
Ыстатыйа суруйарга чахчылары хантан баҕарар ылар уонна туһанар көҥүллэнэр. Ыстатыйа соругар сөп түбэһэр уһуннаах быһа тардыыны ыстатыйаҕа угар көҥүллэнэр. Быһаарыылар
|
Portal di Ensiklopedia Dunia