Бикипиэдьийэ:Утаарыы
Утаарыы Бикипиэдьийэҕэ кэпсэнэр бирэдимиэт хас да ааттаах буоллаҕына, эбэтэр ханнык эмэ тиэмэ атын улахан ыстатыйаҕа толору кэпсэнэр буоллаҕына туттуллар. Киһи утаарыы сирэйгэ киирдэҕинэ утаарыыга ыйыллыбыт сирэйгэ аптамаатынан көһөрүллэр. Онон утаарыы сирэй бэйэтэ киһиэхэ көрдөрүллүбэт. Көрдөрүллүбүт сирэй аатын анныгар маннык сурук көстөр буолуоҕа «Мантан … көстө». Холобур, АХШ Утаарыыны оҥорууА сирэйтэн Б сирэйгэ утаарыы оҥорорго, А сирэй саҕаланыытыгар маннык суруй: #REDIRECT [[Б сирэй аата]] биитэр #перенаправление [[Б сирэй аата]] Түргэнник оҥорорго аллара «#REDIRECT [[]]» сигэни туһаныахха сөп. Утаарыы сирэй аатын уларыттахха бэйэтэ оҥоһуллар. Салааҕа утаарыыЫстатыйа ханнык эрэ салаатыгар утаарыы оҥоруохха сөп, холобур: #REDIRECT [[Дьокуускай#Устуоруйата]] Утаарыы сирэй уларытыыСороҕор утаарыы сирэйи уларытыы наада буолааччы. Ону маннык гыныахха сөп. Утаарыллыбыт сирэйгэ аатын анныгар «Мантан … көстө» диэни булаҕын уонна сигэтин баттыыгын. Оччоҕо утаарыы сирэйгэ бэйэтигэр тиийэҕин. Салгыы Уларыт диэн кыбытыгы баттаан баран көннөрөн биэрэҕин. |
Portal di Ensiklopedia Dunia