Пуэрто-Рико

Пуэ́рто-Ри́ко (исп. Puerto Rico — «баай порт»), толору аата — Көҥүл холбоспут судаарыстыба Пуэ́рто-Ри́ко (исп. Estado Libre Asociado de Puerto Rico), эбэтэр Пуэ́рто-Ри́ко Холбоһуга (ааҥл. Commonwealth of Puerto Rico) — Америка Холбоһуктаах Штааттарыттан тутулуктаах сир, «холбонуллубатах тэрээһиннээх сир» ыстаатыстаах (ол аата АХШ салайар, ол гынан баран арахсыбат сорҕото буолбатах); АХШ Конституцията бу сиргэ хааччахтаах; үрдүкү былаас АХШ Кэнгириэһигэр, ол гынан баран туспа бэйэни салайынар уорганнардаах.

Кариб байҕалын Бөдөҥ Антил арыыларын Пуэрто-Рико арыытыгар уонна кэккэ кыра арыыларга тайаан сытар.

Пуэрто-Рико бэлиэ күннэрэ

  • Ыам ыйын 30 — Лодка буолбут кыргыы сиэртибэлэрин күнэ. Лод аэропордугар (Израиль) 1972 сыллаахха буолбут теракка 18 пуэрториканец өлбүтэ
  • От ыйын 17 — Луис Ривьера төрөөбүт күнэ (Luis Muñoz Rivera)
  • От ыйын 25 — Конституция күнэ
  • От ыйын 27 — Быраас Хосе Селсо Барбоза төрөөбүт күнэ[1]. Хосе Селсо Барбоза (1857–1921) Пуэрто-Рико судаарыстыбаннаһын олохтообут киһи, дойду бастакы анал үөрэхтээх бырааһа, социолог, бэлиитик.
  1. Официальные праздники и выходные дни в Пуэрто-Рико / Travel.Ru / Страны / Пуэрто-Рико
Prefix: a b c d e f g h i j k l m n o p q r s t u v w x y z 0 1 2 3 4 5 6 7 8 9

Portal di Ensiklopedia Dunia

Kembali kehalaman sebelumnya